Kyhynny urua минус(Ыраахтан ыллыыр ырыабын)
Описание
Күһүҥҥү ырыа.
Ыраахтан ыллыыр ырыабын Ыйдаҥа киэһээ ыытабын, Эйигин саныы саныыбын Элгээни кыйа хаамабын. Кэм-кэрдии түргэн да эбит: Күһүммүт номнуо эргийбит, Саһарбыт хатыҥ лабаата Сэбирдэх кыымын тамнаата. Былырыын күһүн баччаҕа Баарыҥ дии эн бу чагдаҕа, Тыыланан иһэн ыллыыргын Тыыммакка истэр буоларым. Ол онтон маҥнай тэппитэ Сүрэхпэр таптал иэйиитэ! Ол онтон куорсун аспыта Ыҥырар музам ымыыта. Көмүһүөм, бүгүн ол тыабын Кэриэстээн кэлэн турабын. Эйигин саныы саныыбын Элгээҥҥэ тааһы тамныыбын.